Түүл (В. Потапова)

Бикитиэкэ диэн сиртэн ылыллыбыт
Сир үрдэ (В. Потапова) Сүрүн сирэй
(Хоһооннор)
[[Кутурҕан Куо, Варвара Потапова|Кутурҕан Куо, Варвара Потапова]]
Билбэт этим... (В. Потапова)



Түүл


Ыйдаҥа нуһараҥын саптан,
Ыаллар утуйа сыталлар.
Арай кэриир ыта, хараастан,
Айманар, үөһэ ханталлан.

Дьиэлэр лүҥкүрбүт күлүктэрин
Чуумпу кыһанан харабыллыыр,
Дьоннор дьиктилээх түүллэрин
Алтан ый түннүктэн маныыр.

Арбы-сарбы хос иһигэр,
Дьэбиннээх орон үрдүгэр,
Дьон кистэл санааларын
Түһүүллэр бу баарынан.

Мин түүлүм — иккис олоҕум,
Мин түүлүм — дьиктилээх олоҕум.
Бу кэмҥэ мин көрөбүн
Чолбон харахтаах хотой буолан,
Хара дьоруо акка хам сыстан,
Манчаары үөһэнэн көтөрүн.

Кини тугу эрэ өйдүүрдүү,
Хаһааҥҥыны эрэ ахтардыы,
Кубаҕай очуос үрдүгэр
Тохтуур, мин иннибэр.
Мин этэбин сөһүргэстии,
Ардах аргыый ибиирбитинии:
“Эр бэрдэ!
Илт миигин бэйэҕэр,
Үрүҥ былыт кэтэҕэр.
Мин эйиэхэ аргыс,
Көҥүл кулут буолуом,
Күөх куйаар дьолун суоллуом!..”

Харда саҥа дорҕооно
Хайа үрдүнэн дуораһыйар,
Кини ис хоһооно
Хаардаах тобураҕынан таһыйар:
“Өйө суох сордоох!
Хаһан, ханна истибитиэҥ,
Хайа үйэ кулута
Ханнык дьолу сиппитин?
Мин дьоло суоҕум.
Иэстэбил,
Таптал,
Көҥүл туһунан санаа
Кулуттара этим.
Билигин да көҥүлэ суохпун —
Көмүллүбүт
Санааларбар кулуппун!
Көстүбэт Көҥүл дохсун долгунугар
Мин олоҕум тимирбитэ,
Аны албын ыра доҕууругар
Айыы оҕото иҥнибэтин!..
Уһугун!..”
Хара атынан Манчаары көтүттэ,
Арай, таас таммалыыр, көөрөттөн...
Манчаары, Манчаары,
Тоҕо мин, мунчаара,
Истэбин эн ааккын,
Сиргэ көстөн ааспыккын?..