Билбэт этим... (В. Потапова)
Тас көрүҥэ
Билбэт этим,
Таайбат этим,
Оҕо сылдьан,
Оонньуу сылдьан.
Ол барыта
Ордон хаалыан
Ыраас халлаан өйдөбүлүгэр,
Өйүм, сүрэҕим түгэхтэригэр...
Билигин эмиэ
Умнабын —
Бүгүҥҥү көтүүм,
Бу үрдүк күүрүүм
Бүтэн саһыахтарын,
Хаһан эрэ,
Ханнык эрэ
Хара киэһэ
Хоһум иһин
Күндээрдэ сырдатыахтарын.