Чуҥкуйа чуҥкунуур чуумпубар (В. Потапова)

Бикитиэкэ диэн сиртэн ылыллыбыт
Билбэт этим... (В. Потапова) Сүрүн сирэй
(Хоһооннор)
[[Кутурҕан Куо, Варвара Потапова|Кутурҕан Куо, Варвара Потапова]]
Хайа аакка (В. Потапова)




Чуҥкуйа чуҥкунуур чуумпубар ,
Муунтуйа ытыллар будулҕаммар,
Өрүүтүн буруйдуубун бэйэбин эрэ,
Өрүүтүн көрдүүбүн куотар суолу.

Ыраахтан-чугастан ыҥырар курдуктар
Ыраас ыралар, кэрэ санаалар,
Арай мин мунчаарыы ытылҕаныттан
Хайдах да босхолонору билбэппин.

Аҥаардас айманыыттан бэйэм салаҕабын,
Таптыыбын эбээт ылааҥы сааскыбын,
Ол иһин ини ардыгар тиэтэйбэппин,
Төннөрөр кыаҕа суохпар сэмэлэнэбин.

Сэмэлэнэбин
Сэрэҕэ суох сэһэргэспиппэр
Кутталы билиммэтэх куппар-сүрбэр,
Кэнэним кэдэргитэ эргийэригэр,
Сүтүкпүн булаат да, сүтэрэр күннээхпэр.

Дьонтон буолбатах, бэйэбиттэн хоргутабын.
Хоһум аанын аһаҕас хаалларан
Хонук сылааспын куоттарбыт хомолтобуттан
Хорҕойор суолбун булбакка бутуллабын.

Ким итэҕэйиэй, бэйэбин кэнийэрбин,
Айбыт айыыларбын ааттаһа кэмсинэрбин,
Алҕаспын, алдьархайбын умнубаккабын
Арылы күннэрбин атаҕастыыр абаккабын!..