Хаар хараарыыта, үрэх эстиитэ (Өксөкүлээх Өлөксөй)

Бикитиэкэ диэн сиртэн ылыллыбыт
Үөн-көйүүр (Өксөкүлээх Өлөксөй) Сүрүн сирэй
(Хоһооннор)
Өксөкүлээх Өлөксөй
Этиҥ (Өксөкүлээх Өлөксөй)


Хаар хараарыыта, үрэх эстиитэ


Айыы таҥара айбыт
Аан ийэ дайдыбытыгар
Аҕыс ый тохору
Адаҕыйан турбут
Амырыын тымныы
Ахсаан барда.
Тойон таҥара оҥорбут
Туруу-бараан дойдубутугар
Тоҕус ый тохору
Тоҕураан турбут
Толомон дьыбар
Тоһутталанан барда.
Аас-аймах аргыстаах,
Иҥсэ-мэнэгэй эҥэрдээх,
Оп-соллоҥ ойоҕостоох
Олуурдаах улуу дьыл оҕуһа
Унаар-маҕан күн
Уһуурун кытта
Ураа муостара булгуруйан,
Удурҕаччы санаата уурайан,
Улуу муора диэки
Уста турда.
Дьэс эмэгэт
Дьиэрэҥкэйдии-дьиибэлэнэ,
Иирэ-битийэ
Иһэрин курдук,
Дьэллик дьэргэлгэн
Дьирибинэйэн көттө.
Ол туурата
Туохтан турбутун
Толкуйдаан көрдөхпүнэ, —
Тоҕус туналҕаннаах
Туналы-маҕан күммүт
Туйаара ойор буолбут;

 
Аҕыс сардаҥалаах
Аламай маҕан күммүт
Аҥаарыйа айанныыр буолбут;
Күндээр-маҕан күнүс
Күөрэйэн истэ,
Сандаар-маҕан күнүс
Сабырыйан истэ;
Күөх дьай күөннээх
Күтүр уһун түүн
Күрэнэн барда,
Хара дьай ханыылаах
Хараҥа бараан түүн
Халбарыйан барда,
Сындааһыннааҕы сыыйбыт
Сыа хаар баҕадьы
Сылбыйатыйан барда,
Күүстээҕи күлкэдиппит
Көмүрүө хаар күтүр
Көлбөрүйэн барда,
Сотолооҕу солбонуппут
Солуо хаар обургу
Солбонуйан барда.
Күр муус көтөҕүлүннэ,
Болуо муус буралынна,
Хайыр муус хампарыйда,
Улуу муус уулла.
Хаар уута халыйда,
Сыһыы уута сыккыстаата,
Хонуу уута холбосто,
Тыа уута кыттыста.
Иҥнэстигэс диэки иэнигийдэ,
Таҥнастыгас диэки таласта,
Сүнньүн булан сүүрүктэннэ.
Тымырдар тыккырастылар,
Салаалар саккырастылар,
Дьураалар чуккурастылар.
Ханыылаһан-ханыылаһан
Харылас буоллулар,
Үксээн-үксээн
Үрүйэ буоллулар,
Күргүөмнээн киирэн
Көҥүс буоллулар.
Онтон утум-ситим
От үрэх буолан
 
Устан угуттаатылар,
Халааннаан халыйдылар,
Кэлэн дэлбэрийдилэр,
Ситимнэһэн-сиэттиһэн
Сиэнчэр үрэхтэр буолан
Сиэлсэн дьигиһистилэр,
Оҕо үрэхтэр буолан
Орто үрэхтэргэ
Орулуу-курулуу
Оонньуу-күлэ куттулар.
Иитимньилээх ийэ үрэхтэр
Иҥиэттэн-иэнигийэн,
Халҕаһаланан-харыыланан,
Айаннаан айгыстан
Ахсым ууларын
Аҕас үрэхтэргэ аҕаллылар,
Дохсун ууларын
Тутаах үрэхтэргэ куттулар,
Устар ууларын
Улуу үрэхтэргэ суккуйдулар.
Улуу эбэлэр буоллахтарына
Орто туруу дойду
Улуу үрэхтэрэ буолан,
Улуутуйан-уораадыйан,
Аан ийэ дайды
Ааттаах үрэхтэрэ буолан,
Айгыстан аҥааттан,
Хайыр тааһы харыйан,
Очуос тааһы суурайан,
Ийэ сири сиҥнэрэн,
Түгэҕин көрдөрбөтөх,
Биэрэгин биллэрбэтэх,
Улаҕатын булларбатах,
Улуу муора диэки устан
Улутуһа турдулар...



Сүрүн сирэйгэ