Иһинээҕитигэр көс

Үөн-көйүүр (Өксөкүлээх Өлөксөй)

Сахалыы Бикитиэкэттэн — аһаҕас бибилитиэкэттэн

Үөн-көйүүр

Үрүҥ айыы үөскэппит,
Үксүн өйдөөх үтүөтэ
Өтөрү өйдүөбэтэх,
Үөн-көйүүр
Үллэҥнэс буолла.

Кыраҕы харах
Кыайан аахпатах
Кыамаайы-бырдах
Кыймаҥнас буолла.

Саха урааҥхай
Сатаан сабаҕалаабатах
Салаҥ элбэх
Сахсырҕа-ньаалаҕай
Сааҕынас буолла.


Сүрүн сирэйгэ