Бикитиэкэ диэн сиртэн ылыллыбыт
* * *
Гейнеттэн
Көмүс чолбон күлүм ойдо
Халлааҥҥа, сэрэммиттии,
Күөх түүммэр утуйбут дойдум
Уйгуурбатын диэбиттии.
Хара күлүк тарбаҕынан
Кууспут хайаны кытта,
Күөх сибэкки кулгааҕынан
Чуумпу тыам истэн сытта.
Миэхэ хантан кииртэ буолуой
Сүрэхпэр ой дуораана?
Тапталлааҕым ыҥырар дуо?
Биитэр чыычаах буолаарай?
|
|