Иһинээҕитигэр көс

Эдэр ыччакка (Иван Арбита)

Бикитиэкэ диэн сиртэн ылыллыбыт
Сайыҥҥы түүн Сүрүн сирэй
(Хоһооннор)
[[|ааптар]]
Ырыа



Эдэр ыччакка


Иллээх-эйэлээх
Эдэр бэйэлээх
Үлэһит ыччата
Үөрүүбүт үксээтэ.

Эргэни эһэргэ
Эстибэт тиһилгэ,
Эдэр ыччат
Эрэйи кыччат.

Күүстээх үлэнэн
Күүрэн, тиҥийэн,
Дойдугун, сиргин
Толору киэргэт.

Дьоҥҥун-норуоккун
Өйөт, үөрэт,
Кытарар уоккун
Өрүтэ күөрэт!


1931