Иһинээҕитигэр көс

Үчүгэй да күн этэ! (В. Потапова)

Бикитиэкэ диэн сиртэн ылыллыбыт
Зояҕа, Розаҕа (В. Потапова) Сүрүн сирэй
(Хоһооннор)
[[Кутурҕан Куо, Варвара Потапова|Кутурҕан Куо, Варвара Потапова]]
Өрдөөҥҥүтэ мин билбитим (В. Потапова)




                                     С.М. сырдык кэриэһигэр

Үчүгэй да күн этэ!
Үгүс үтүө дьоннуун сэргэ
Үөрэ-көтө, көтөҕүллэ,
Харбаан кииртиҥ чуумпу күөлгэ.
Сор кыҥаабытын билбэккэ,
Утары сүүртүҥ өлүүгэ.
Онтон эмискэ туох баар эттэ
Хаһыытыыр чуумпунан: “Бүттэ!”
Кытыастар уотунан
               күн ыһыахтана түстэ,
Харааһынна халлаан,
               кыараан ылла, кыбыста,
Онтон эмиэ уурайда,
Күн уота да уоскуйда...
Билэллэр эбээт кинилэр
Үлтүрүйбэт үйэлээхтэр
Ахсааннарыгар аналларын,
Сортон, Дьолтон ыраахтарын.
Таайаллар эргэ таабырынныы
Чэпчэкитик, холкутук:
Биллэ да, биллибэккэ да
Тэҥэ суохтук олоробут,
Киһи-аймахха кэриэһи —
Тимир көмүс кэриэһи
Үйэлэргэ одуулуохтарын —
Халлаан сулуһа — мичиҥнии,
Күн уота — килбэҥнии!..