Иһинээҕитигэр көс

Зояҕа, Розаҕа (В. Потапова)

Бикитиэкэ диэн сиртэн ылыллыбыт
Хаһан эрэ мунчаара (Катяҕа) (В. Потапова) Сүрүн сирэй
(Хоһооннор)
[[Кутурҕан Куо, Варвара Потапова|Кутурҕан Куо, Варвара Потапова]]
Үчүгэй да күн этэ! (В. Потапова)



Зояҕа, Розаҕа


Үс кыысчаан олорбуттар
Үллэр Бүлүү биэрэгэр,
Үһүөн да тапсыбыттар
Үрдүк ыра иннигэр.
Үөһээттэн ыйаах дэнэр
Үрдүкү анал, эбэтэр дьылҕа
Үргүппүт сылаас эйгэни —
Үрэллибит үс кыыс олоҕо.
Арахпыт биир кыыстара
Албан ыра, дьол аатыгар,
Күүһүрдэр эрэ ахтара
Санньыйар эбит ардыгар:
“Өрүү саныыбын олустук
Бүлүү эбэбин, хараастан.
Сатаныа суох санааларбын
Салгын гынан аһаабыппын...
Уурайыым
Сулустуун айанныыртан,
Аккаастаныым
Ыйдаҥаҕа ыллыыртан,
Алҕаһаамыым, алыс,
Кэмсинимиим, кэбис!
Илдьиҥ миигин, дьүөгэлээр,
Ыраах-ыраах аларга,
Ылбаҕай мичээр ыһыллар
Ылааҥы күннээх алааска...”