Иһинээҕитигэр көс

Күһүҥҥү киэһээ (Алтан Сарын)

Бикитиэкэ диэн сиртэн ылыллыбыт
Этиҥнээх ардах (Алтан Сарын) Алтан Сарын
Күһүҥҥү киэһээ (Алтан Сарын)
Алтан Сарын
Киэһээ айан (Алтан Сарын)


Күн уотун күлүм сырдыга көҕүрээн, уостан, күрэҥсийэн түһүүтэ келүйэ күеллэр күндээркэй көҕүстэрэ күлүмүрдүү, дьирибинии күлүгүрэн көстөн, от-мас ойуу-бичик күлүгүн ымсыы таас курдук дьирибинэччи тардан ыллылар. Туйаар маҕан күн, туһахта ньуурун курдук буолан, туналыйа, туйаара сүтүүтэ, тунаархай сырдыгынан (аата, арахсыам буоллаҕа диэххэ айылаах) нөҥүөргү тыа төбөтүгэр долгуннура, толбоннура тыкпыта саһаран, сандааран көстөн баран, дьэргэлдьийэ-дьирибинии мөхсөн сүттэ...

Куула»куруҥ тыа, курутуйбут курдук, хоҥкуйа-кэхтэн түстэ, халдьаайы хара тыа санаарҕаабыкка дылы хаҥкыйа-харааран турда. Көлбөхтөөх күөх түүн ийэм күлүк хара кыната күлүктээн күлүгүрэн, үөл-дьүөлү үктэллэнэн, улам-улам харааран, түҥкүгүрэн, барыйан-сарыйан тиийэн кэллэ.

Күөллэр үрдүлэрэ утуктаабыкка, нухарыйбыкка дылы үрүҥ төлөнүнэн аргыый аҕай, аа-дьуо, өрүкүйэ-толбоннура, ыдьырыйа-долгуннура туралларын иһиттэн туотаайы кыылым саҥата, курутуйбукка дылы куһугураччы, кэмсиммиккэ дылы кэчигирэччи кыланан кыладыйар саҥата илиллэн, киһи этин сааһыгар иҥэн, уҥуоҕун куодатыгар охсон, тэбэр тэһии сүрэҕи ньиргиттэ, дохсун дьүһүл хааны долгутта.

Ыарҕа саҕатыгар хабдьы кыыл саҥата өрө бэбээрэн тахсан (утуйуом-утуйуом диэххэ айылаах), бабаахтаан баран сүтэрин кытта, эмиэ иһиллээбиккэ дылы им-дьим буолан хаалла. Барыҥый буолуута түүн сырыылаах тыҥырахтаах кыыллар, күрүү-хара кынаттара килбэлдьийэн, сымнаҕас-сымнаҕастык дайбаан, аргыый аҕайдык барыгылдьыһан көттүлэр. Ойуур саҕатыгар куобах маҥхараҥаан тахсан, чөмчөйөн-чөмчөйөн, өҥөйөн көрөн баран, түргэн үлүгэрдик төттөрү дьылыс гынан хаалла. Ханна эрэ халлаан диэки хаастар саҥалара хабарҕаларынан оонньоон халыгыраһан аастылар.

Киһи кутун-сүрүн баттыыр туох эрэ инчэҕэй ньиҥсик салгына дьиэлийэн биллэн, тымныы соҕуһунан сабыта биэрдэ.

Халлаан өрөҕөтө улам-улам күлүгүрэн, киһини баттыы түһүөххэ айылаах, чугаһаан тиийэн кэллэ: оттор-мастар ытаабыкка-соҥообукка дылы күлүгүрэн, барыйан көһүннүлэр. Сулустар онон-манан, халлааны сиидэ хайаҕаһын курдук тэһитэ сиэн тахсаннар, хатыылааҕынан дьирибинэччи көрөн турдулар.

Ыраах күөл диэкиттэн, от-мас баһа кытта сатараан, энэлийэн эймэниэр диэри ыарахан ынчык тиҥиргээн иһилиннэ, киһи уҥуоҕа кыйда, сүрэҕэ долгуйда.

Тиэтэйбэккэ, долгуйбакка, улам-улам хараҥа буолан, күөтээн, ыыстыйан тиийэн кэллэ.

Күөллэртэн туман оргуйан, аргыый аҕай, аа-дьуо, тунаарыйан-долгуннуран, толооҥҥо түптэ буруотун курдук сыыйыллан, тэнийэн тарҕанна. Нөгүөргү тыа баһа үмүрүөр диэри өлбүргэлээх саҥата, өлөн эрэр курдук, үгүрэлээн дьүрүһүттэ. Киһи этэ саласта, хаана хамсаата, санаабар, ханна эрэ ыраах хараҥа тумары дойдуга кыыс-дьахтар өрүттүбэт өлүү төрдүгэр киирэн кыһыгыраччы ытыыр саҥата иһилиннэ, сирэйим-хараҕым итийдэ, сүрэҕим-быарым долгуйда.