Иһинээҕитигэр көс

Алтан Сарын

Бикитиэкэ диэн сиртэн ылыллыбыт

Гавриил Васильевич Баишев - Алтан Сарын (ардыгар көннөрү Алтан, сороҕор - Хахайдаах Хабырыылла) - саха суруйааччыта, тылбаасчыт, лингвист, саха тылын реформатора, общественнай диэйэтэл, XX үйэ саҕаланыытын саха интеллигенциятын биир чаҕылхай бэрэстэбиитэлэ.

1898 сыллаахха Мэҥэ улууһугар, Дьабыыл нэһилиэгэр дьадаҥы кэргэҥҥэ төрөөбүт, аҕалаах ийэтэ 1923-24 сс. сылынан быысаһан өлбүттэр. 1921 с. Киллэм уонна Никольскай сэриилэригэр үрүҥнэр этэрээттэригэр сылдьыспыт. Онтун кэлин быһаарбыта "... байыаннай коммунизм политикатын сөбүлээминэ", баар. 1922 сыллаахха амнистияланан баран педтехникумҥа үөрэммит, "Саха омук" уопсастыбаҕа техсекретаарынан үлэлээбит. 1925 - 1928 сылларга Ленинградка Илиҥҥи тыллар институуттарыгар үөрэнэр. Бу сылларга "Ала Булкун" олоҥхону тылбаастыыр уонна Пекарскай Тылдьытыгар үлэтигэр көмөлөһөр. 1928 сылтан Дьокуускайга үлэлиир. 1929 күһүҥүгэр хаайыллар, 1930 сыллаахха муус устарга "3 сылга болдьохтоон күлүүс хаайыытыгар, ол кэнниттэн Саха сириттэн төһө кыалларынан ыраах, үлэнэн көннөрүллэр лааҕырга" утаарыллыбыта. Хаһан ханна өлбүтэ биллибэт.


Арҕаа халлаан анысхана,
Хоту халлаан хомураҕа
(кэпсээннэр)

[уларыт]

Сүрүн сирэйгэ Кыьыл ерт