Уол оҕо дьоллоох, таҥара баайдаах (Быһылааннаах кэпсээн), (Алтан Сарын)
←Айыыһыт (Былыргы кэпсээн), (Алтан Сарын) | Алтан Сарын Уол оҕо дьоллоох, таҥара баайдаах (Быһылааннаах кэпсээн), (Алтан Сарын) Алтан Сарын |
Алтан Сарын→ |
- Бу кэпсээн аата да, маҥнайгы аҥара да суох. Илиинэн суруллубут харатын бүтүүтүгэр: "Хахайдаах Хабырыыс. 1924 с, кулун тутар ый 17 күнэ" диэн илии баттааһыннаах. Кэпсээн аатын уонна чаастарга үллэриитин бэйэм оҥордум. — Василий Протодьяконов.
II
[уларыт]Уол кутталыгар буолан, хаһыытаабакка да хаалбыт. Буочуката аргыый аҕай, улам-улам үөскэ киирэн, хоту диэки устан лэглэйэ турбут. Уол эмэһэтигэр иччэҕэй биллибитигэр өйдөнөн көрбүтэ, буочуката сахсайан хаалбыт, инньэ гынан сиксиктэринэн уу быыһылаан киирбит, мантан уол сүрдээхтик куттаммыт ханна да барыан, тугу да гыныан булбатах. Быган, таһырдьаны көрүөн баҕарбытын иһин, буочука улахана бэт, ааныгар нэһиилэ тарбаҕын эрэ төбөтө тиийэр. Уол атаҕыттан быһаҕын сулбу таһыйан таһаарбыт, буочукатын үөһэ өттүнэн, турдаҕына хараҕар сөп түбэһэр гына дьөлүтэ үүттээбит. Тула өттүнэн көрө иһэр гына түннүк оҥоттообут. Чуолҕаннарынан көрбүтэ, күн һандаһыра киирэн эрэр. Кини, бадаҕа, ханнык эрэ арыыны ойоҕоһунан устан иһэр быһыылаах, ол көрдүк оҥочолоох дьон устан иһэллэр. Оҥочолоохтор уолу хабырыйбытынан, арыыны тумсунан арҕааттан илин диэки этириэс быһа туораан иһэллэр.
Ити иккэрдигэр уол буочукатын уута дириҥээн, тобугар тиийэн барда. Оҥочолоох дьон улам-улам чугаһаан тиийэн кэллилэр, һаҥалара иһиллэр буолан барда. Биир киһи һаҥата: "Бу туохпут эмиэ иннибитигэр арбайан-һарбайан иһэрий, доҕоттоор!?" Иккис киһи: "Хайа эбэбит итчитэ эмээххин күөх көлбөхтөөх көҥкөлөй ыаҕаһын биһиэхэ оҕолоругар тоһуйбута буолаарай? Арыгыта кутан биэриэххэ" Үһүс киһи: "Аата, бу дьон арыгыларын абааһы аайы элбэҕэргээн... Онтон, көрдөххө, көҥдөй мас буочука устан иһэр буолбат дуо? Итиннэ ама ханнык абааһы кэлэн хааламмыт үһү! Күрүлүүр күнүс оттотугар... Иккис киһи: "Бу киһи тоҕо айаҕа суоэай доҕоор," — диэн бүтэрэ илигинэ, буочука иһиттэн уол хаһыытыыр. Иккис киһи: "Дьэ мин эппэтэҕим дуо, һолоҕой! Күн-хаан кэллэ быһылаах — түргэнник арыыга тахха охсуоҕуҥ!!!"
Арыыга тиксэ охсоллор. Оҥочолоруттан тахсаллар. Бары талах быыһыгар түһэллэр. Оҥочолорун баайбатахтара, киирэн уста турар. Уол буочукатын иһигэр хаһытыы-хаһытыы, биир кураанах оҥочо аргыстанан хоту диэки устан испит.
Ол түүнү быһа устубуттар. Сассыарда халлаан сырдыыта оҥочо кэлэн биир арыы иирэтиттэн иҥнэн тохтоон хаалбыт; буочука устубутун көрдүк устан испит.
Буочука дьиппинийэн уу киирэрэ тохтообут. Урут киирбит уута уолу самаҕын туорайыгар тиийбит.
Күн оттотун һаҕана икки тыылаах киһи арҕааттан илин диэки туораан талбаардан иһэллэрин көрбүт. Били дьон улам-улам чугаһаан кэлбиттэр. Биир киһи: "Э! дьэ бэт да буочука устан иһэр доҕор, итини ама ыллахпыт дии!" Иккис киһи: "Хата таҕаараммыт оттотунан быһа эрбээн баран, күһүн сүөһү хаана һүүрдэр билээги оҥостуохпут". Инньэ дии-дии аргыый аҕай кытыы диэки уһааран барбыттар.
Уол чуолҕанынан көрөн истэҕинэ, кытыыта улам-улам чугаһаатар чугаһаан кэллэ, дьоно аҕаланнар кытыы кумахха астаран баран, буочуканы иҥнэри таппыттарыгар, буочука иһинээҕи уу уолу бүрүннэри түспүт. Уол соһуйан сарылаабыт, тохтуу соҕус баһын быктаран көрбүтэ, икки тыы эрдиилиин-баҕастыын ууга барбыттар, ол көрдүк икки киһи хаһытыы-хаһытыы сыссан эрэллэр...
Уол буочукатыттан оронон тахсыбыт. Хааман көрүөх буолта, икки атаҕа кыайан хамнаабат гына көһүйэн хаалбыт. Тымныы ууга уһун түүнү быһа турбут сордоох, туох аанньа буолуой! Нэһиилэ кытыыга үҥүөхтээн тахсыбыт, хата куйаас баҕайы күн эбит. Кытыы кумахха күн уота сып-сылаастык сыралыччы тыкпытыгар уол сыттыгы бырахпыт көрдүк күс гына баран түспүт. Таалалаан сыппыт. Утуйбатах, куттаммыт, дэлби һылайбыт эрэйдээх күн уотугар сыламнаан, устунан утуйан хаалбыт.
III
[уларыт]Киэһэ буолан барбыт. Уол уһуктан тиийэн кэлбитэ; сылаата тахсыбыт, илиитэ-атаҕа көһүйбүтэ суох буолбут, ол оннугар, хата, дэлби хоргуйбут.
Эргим-ургум көрбүтэ өрүс илин эҥэригэр таххыбыт быһыылаах, илин мыраан ол көрдүк сугас соҕус сааскы сытыы күөҕүнэн чэлгийэн турар. Уол турбут, өрүһү кыйа, мыраан аннын диэки һоҕус баран испит. Барбахтаат, мыраантан киирэр улахан хорулҕан айан суолугар көтөн түспүт. Суол устун үөһэ мыраан үрдүгэр таххыбыт. Үөһэ таххан көрбүтэ: күн түөттүүр бадаҕа буолбут, аҕыйахтык хардыылыырын гытта, баараҕай мугур бэс кумалааныттан биир һудьу өрө көтөн тилигирээн таҕыста, инньэ гынарын гытта манна һымыыттаабыт эбит буоллаҕа диэн уолга өй көтөн түстэ.
Инньэ дии һанаата да, салбах хатыҥ төҥүргэһэ һытарын сулбу тардан аҕалла; кумалааҥҥа сыһыары ууран, онтон һалҕанан тахсан кумалаан айаҕын таҥнары өҥөйөн көрдө, көрбүтэ: ол көрдүк кумалаан түгэҕэр уонтан тахха кус сымыыта лэчигирэһэн сыталлар. Уол эрэйдээх харгыйбыта диэн сүрдээх. Дьэ бу сымыыттары ылаары хачыгыраспыт. Илиитэ тиийиэхчэ тиийбэтэх, кыһыы бөҕө буолбут, онтон, бу хачыгыраһа туран, кумалааҥҥа төбөтүнэн таҥнары түһэн хаалбыт, сымыыттарын төбөтүнэн илдьи түһэн кээспит. Хаһытыы, орулуу мөхсе сатаан кэбиспит да туох истиэ-көрүө баарай! Кэннэки сэниэтэ быстан, сээбэһэ эстэн, син бииригэр түһэн кыбыллыбытынан турбут.
Арай ол туран иһиттэҕинэ, һайдыыр саҥа баар, улам-улам саҥа чугаһаан кэлбит. Саҥатыттан истэн сэрэйдэҕинэ — оҕустаах сыарҕалаах кырдьаҕас киһи быһыылаах. Сотору соҕус тыаһа оҕуһун аҕалан оҕонньор кумалаан аттыгар талыр гына булгутан кэбистэ, ол гэннэ ботур-ботур саҥарар: "Ээ дьэ бараххан бэт да көҥдөй мугур бэс турар эбит... урут хайтах өйдүөн көрүмнэ һылдьыбытым эбитэй? Хата тиэйэн киллэрэн, бурдук тардар даарда оҥос-туом буоллаҕа эбээт,"- дии-дии бокуойа һуох кэрдэн чалкайбытынан барбыт.
Кумалаан иһигэр эмискэ сырдык киирбитигэр, уол өйдүөн көрбүтэ: тэрээк сүгэ биитэ килбэйэ-килбэйэ сирэйин оттотунан киирэн иһэр. Уол мантан уйулҕата көтөн часкыйа түспүт. Туох баар күүһүнэн мөхсүбүт. Оҕонньор кумалааны тула өттүттэн төгүрүччү моойньуу кэппит эбит, онтуката уол мөхсүбүтүгэр тосту түһэн хаалла. Оччо быыһанан баран, уол былтас гына түһэн көрбүтэ: биир даба ырбаахылаах оҕонньор кини диэки көрүөҕүнэн көрбүт, былтас гынарын гытта махчайа түһэн баран, сүгэнэн сырбаппыт. Уол иһидьэдьэ ньимис гынан биэрбит. Сүгэ тыаһа ириэнэх сиргэ "кур" гына түспүт.
Уол маһыттан таххан көрбүтэ — оҕонньор ол көрдүк үҥкүрүйэ-күөлэһийэ былаан, мырааны таҥнары мээчиктэнэн түһэн эрэр, оҕуһа булгуллубутунан, сүгэтэ сиргэ батары охсуллубутунан туран хаалбыттар.
IV
[уларыт]Ити иккэрдигэр күн дьааһыгыран барбыт... Уол мыраан кэрийэ айанын суолуттан туораан, хоту диэки баран испит.
Оҕордук баран, киэһэ уот саҕана мыраан анныгар биир ыалга тиийэн кэлбит. Сэптэриттэн-сэбиргэллэриттэн көрдөҕүнэ, бэт баай ыал быһыылаахтар.
Кэлэн дьиэ аанын тардыалаабыт, хатыылаах буолан биэрбит, онтон уол санаа булбут: "Бээрэ, миигин бостуой уорбалыахтара; аны куораппар төттөрү тутан киллэрэн биэриэхтэрэ! Бэйэ, мин биллибэккэ киирэн аһаан таххыым". Инньэ дии санаан дьиэни эргийэр: түннүгүнэн сатаан киириэ һуох, балаҕан үрдүгэр ытта сүүрэн таххар, оһох үөлэһин өҥөйөн көрбүтэ — киһи батыах көрдүк. Өр толкуйдуу барбатах үөлэс үүтүнэн түспүт. Түһэн иһэн аны манна кыбыллан хаалбыт.
Дьэ хайтах да гыныах сир суох. Хаһытыан эмиэ кэрэгэй, мөхсүөн эмиэ сатаммат.
Бу туран иһиттэҕинэ, дьахтар һаҥата энэлийэр, энэлийэрэ улам-улам улаатан барбыт, онтон утаакы һоҕус буолан баран, саҥатыттан иһиттэххэ, эмээхсин айалаан-дьойолоон турбут. Уот оттон тииһэн барбыт. Ол уолга дьэ күн-хаан бөҕө үтүрүйэн кэлбит ээ. Буруоҕа туҥнастаары гынан, хаһытыы-хаһытыы тэбиэлэммит. Эмээххин уокка оттубут хардаҕастарын барытын суулларыта тэбэн түһэттээбит. Эмээххин онтон өмүрэн, хаһытыы-хаһытыы, уол икки атаҕын үөлэһинэн чорбойон турарын хардаҕаһынан имитэн барбыт, уол һарылыыкката, эмээххин хаһыыкката диэн туох да өй мэйдээх тулуйбат үлүгэрэ буолбут. Онтон эр дьон туран эмээххини тохтоппуттар. Уол һаҥата ытыы-ытыы: "Абырааҥ даа, абырааҥ! Өллүм даа, өллүм!" — диир.
Эр дьон тахханнар, үөһэттэн быаны түһэрэн биэттэр. Уол быаттан тутуспут, сулбу тардан ылбыттар.
Уол таххан көрбүтэ: оһох хоротун аттыгар икки киһи турара, биирдэрэ эдэр уол, биирдэрэ аҕам соҕус киһи. Бу киһи кинини сынньаары тииспит: "Тыыннаах ыт, дьэ мин эйигин оҥоруугун оҥордоҕум! Тугу гынаары түүн кэлэн үөлэһинэн киирэ һылдьаҕын!?" — дии-дии быатын туппутунан уолга ынан кэлбит. Уол ытыы-ытыы балаҕан үрдүн төгүрүйэ сүүрбүт. Оҕонньор эккирэтэн батыччахтаан испит. Кирилиэс турарынан уол оттотугар биирдэ-иккитэ үктэнэн, сиргэ ыстанан түспүт. Кэнниттэн оҕонньор баатыйалаан түһэн истэҕинэ, уол түөрэкэй баҕайы кирилиэһи түҥнэри анньан кэбиспит. Кирилиэс оҕонньордуун-баҕастыын суулан лиһигирээн түспүт. Оҕонньор хатыҥ төҥүргэскэ төбөтүн хайа түһэн уҥан тэйтэйэн хаалбыт, эдэр киһи үөгүлүү-үөгүлүү балаҕан үрдүгэр тура сүүрэ сылдьыбыт. Уол буоллаҕына, буута быстарынан тыаҕа түспүт.
V
[уларыт]Хоту диэки мээлэ баран испит, халлаан илин өттө улам-улам дьэҥкэрэн, һырдаан тиийэн кэлбит. Утаакы буолбакка, күн тахсан чаҕалыччы тыкпыт. Уол биир хатыҥ төрдүгэр сыламнаан, утуйан хаалбыт. Уһуктан, туран көрбүтэ: күн оттото буолан барбыт. Харгыйбыта алыс буолбут. Инчэҕэй эрэ буоллар тугу барытын аһыа эбит.
Туран, эмиэ барбытын көрдүк баран истэьинэ, арай ол көрдүк хочо анараа һаҕатыгар биир ыал балаҕана көстүбүт. Харбыалаһан чугаһаан тиийэн кэлбитэ: дьиэ таһыгар саҥа таһыллыбыт сиэрдийэлэр һыталлар, биир оҕус баайыллан турар. Быһыыта бүтэй оҥорооччу дьон бааллар быһыылаах, дьиэ итчитэх, түннүгэ һуох буолан баран, үөлэһиттэн бур-бур буруо тахсар. Ону уол — бу бүтэй оҥороотчу дьон киирэн омурҕаннана олордохторо — диэн һэрэйэ санаабыт. Хотон аанынан үөмэн киирбит. Дьиэттэн хотоҥҥо киирэр аанынан оргууй аҕай кэлэн өҥөйөн көрбүтэ, биир киһи чаанньык оргутунан омурҕаннанаары олорор. "Бээрэ, мин кинини куттуум" диэн уол санаа булбут. Инньэ дии санаан, сүрдээх куһаҕан баҕайытык сарылаабыт. Дьэ эбэтээ доҕоор! Анараа киһи көрүөҕүнэн көрөн, айаҕын атыаҕынан атан баран, муҥ кыраайынан таһырдьа ыстанан хаалбыт...
Уол дьиэҕэ көтөн түспүтэ, куоппут киһи өйүөтэ: буспут эт, арыылаах лэппиэскэ диэн элбэх буолбут. Уол олоро түспүт, эр-луҥха аһаабытынан барбыт. Дэлби тото аһаабыт, кыратык һытан һынньана түспүт. Уонна, туран, эмиэ барбытын көрдүк баран испит.
VI
[уларыт]Күн киириитин һаҕана биир ыалга тиийэн кэлэн киирбит. Биир аҥаарыйа кырдьыбыт оҕонньор, биир эдэр киһи, биир уол оҕо, ону гытта эмээхсин, биир эдэр дьахтар бааллар үһү.
Дьиэлээхтэр кэпсэппиттэр, хантан хайдах иһэрин ыйыппыттар. "Куоракка оскуолаҕа кырбыыллара бэрдиттэн, дойдубар күрээн таххан испитим, ол гынан баран мунан, манна тиийэн кэллим", — диэбит.
Ыал уолу дэлби аһынаннар, мээлэ үчүгэйдик аһатан илдьэ олорбуттар. Уол манна хас да хонон кэргэнниһэн барбыт. Биирдэ эдэр дьахталлара ыалдьан, үөһэ һаҥата үөһэ, аллара һаҥата аллара буолан барбыт.
Дьахтар төрүөрү гынна, ыксал буолла диэн (эр дьоннор һуохтар эбит) дьиэлээх эммэхсин дьиэлээх уол икки, хоноһо уол иккини икки көлөһөлөөх таратаайка һыарҕа оҕотун биэрэн, ол көрдүк көстө олорор ыалга ыытта: "Икки атаҕа һуох босхоҥ баабыскаһыт эмээхсин баар, ону ба-раҥҥыт, бу таратаайканан тардан аҕалыҥ", — диэн.
Уолаттар баара ат буоланнар сыссан бөдөрөҥнөһөн ол эмээхсиннээх ыалга тиийбиттэр. Тиийэннэр наадаларын эппиттэригэр, дьиэлээх дьон эмээхсини, көтөҕөн таҕаа-ран, таратаайкаҕа олордон биэттэр. Икки тэҥ мэлик баҕайы уолаттар, харахтарын тиэрэ көрөннөр, баара ат буолан, саамай өрүс мүлчүрүйэр хааһын үрдүнэн эмээххини бокуойа һуох соһон дьулурутан испиттэр.
Ол иһэннэр, хара һыыры эриличчи куоһуу турар уорааҥ-ҥа аҕаланнар, мүтчү тутан эмээхсиннэрин һыарҕалары баҕастары бас-атах түһэрэн кээстэр. Бэйэлэрэ нэһиилэ куотан биэттэр, онтон куттанан хоноһо уол һирэйин хоту мээлэ һүүрэн испит. Доҕоро ханна да бааттын билбэтэх.
Хас да хонукка хайа да диэки барарын дьаабытын билбэккэ, мээлэ айаннаабыт. Суолугар быстыбат ыаллаах сир буолан, түүн ыал уҥкучаҕар киирэн, уоран аһаан, онон өллөнөн испит.
Кэннэки ыал ыырыттан улам-улам тэйэн барбыт. Хас да хонугу мэлдьи долуой ыала һуох һиринэн айаннаабыт. Аччыктыыра, хоргуйара дьэ улааппыт, муҥ-сор бөҕөнү көрбүт.
— Дьэ, аны кэлэн туох өрүһүйүөй, харгыйан өлөр киһи буоллаҕым! — диэн санаа кииртэлээбит.
VII
[уларыт]Ыарҕа үрэх устун иһэн көрдөҕүнэ: ол көрдүк үрэх халдьаайытыгар буруо көстүбүт. Уол туох да кэмэ һуох үөрбүт. Чугаһаан тиийэн кээттэ: үгүс баҕайы атах баайыылаах аттар мэччийэ һылдьаллар, төһө эмэ ындыы өрөһөлөнө һытар. Ол аттыгар айан дьоно биэс-алта киһи омурҕанна-наары саламаат буһара олороллор.
Дьон уолу бары тула көппүттэр, ыйыталаспыттар. Уол тугу да кистээбэккэ барытын кэпсээн биэрбит.
Дэлби аһаппыттар, һүрдээхтик аһыммыттар, ол кэннэ эппиттэр: "Нохоо, бэт ыраах сиргэ кэлбиккин, дьиэҕин аны кэлэн һатаан булбат уол буоккун. Чугаһынан ыал букатын һуох. Бостуой һиргэ хоргуйан өлүүһүккүн. Биһиги бу үрэх баһыгар ындыы таҕаарар дьоммут. Үрэх бастаан иһэбит. Эн, хата, биһигини гытта көлө иччитэ буолан бассыс.
Сиргэ быраҕан кэбиһэрбит сатаммат. Аһатыахпыт-таҥын-нарыахпыт, үчүгэйдик һырыттаххына, хамнас да биэриэхпит", — дэспиттэр. Уол аккаастаһа барбатах, үөрүүнү гытта сөбүлэммит. Итинэн бу дьону гытта бу һайыны быһа айаннаан таххыбыт.
Айаннаан иһэр үрэхтэрин баһын уһук ыала чугаһаабытын гынна, арай биир күн һүрдээх һүүнэ дабааны туораан, турар һуорба таас хайаны һирэйдэнэн айанныыллара тиийэн кэлбит. Ындыылаах ат нэһиилэ батан айанныыр кычамын устун баран испиттэр. Ат кыратык даҕаны мүтчү үктээтэр эрэ аллара түгэҕэ биллибэт дойдуга түһэн хаалар һирэ буолла.
Уол икки атын гытта һаамай киһи-киһи кэннигэр хаалан испит. Ол иһэн, бии уһун һордоох эмиэ мэлигилээн дьэр-гэйэн, икки аты ындыылары баҕастары аллара түһэрэн кэбиспит, дьоно урут баран, хайа эргийэ охсуутугар кии-рэн хааланнар, көрүмнэ хаалбыттар. Уол дьонноруттан куттанан, мээлэ хайаны сирэйинэн, хайа оройун диэки өрө тахсан испит. Сүрдээх үрдүк баҕайы хайа эбит хайата, дьэ кини өр баҕайы айаннаан, хайа һаамай төбөтүгэр тахсыбыт. Ол таххан көрдөҕүнэ: олоччох лааппы хайа эбит, бүтүннүү нуучча киһи һыҥааҕын түүтүн көрдүк ыдьыр-хай болбукта маһынан хаххаланан үөскээбит дойду.
Болбуктаны быыһынан мээлэ һирэйин хоту барбыт. Ол баран истэҕинэ, эмискэ баҕайы, болбукта быыһыттан биир кугас эһэ часкыйбытынан ыстанан таххыбыт. Мантан куттанан, уол хаһытыы-хаһытыы сүүрбүт. Сүүрбэхтээн иһэн суос-соҕотохто кулгааҕа куугунуу түспүт.
VIII
[уларыт]Өр буолан баран, тыын киллэрэн өйдөнөн кэлбитэ — туох эрэ һымнаҕас үрдүгэр түһэ һытар, хайтах-хайтах баҕайыный? — диэн кичэйэн көрбүтэ: уон былас холобурдаах кэбиһиллибит от үрдүгэр түһэ һытар эбит. Сирэ-дойдута олоҥхоҕо кэпсиир көрдүк барбатах балык миинин көрдүк, бадыа-бүдүө буолла.
Хайтах баьайыный — иирдэҕим дуу, хайа буоллум дуу? — диэн өр таалан олорбут. Санаан көрдөҕүнэ: кини, быһыыта, букатын хаһан да, ким даҕаны һылдьыбатах дойдутугар киирэн олорор быһыы-лаах. Хайтах да киирбитин, ким киллэрбитин кыайан быһаар-бата.
Хаһааҥҥа дылы олоруой, отуттан түһэн эмиэ мээлэ һирэйин хоту хаампыт. Иһэр һирин тула эргиччи көрдөҕүнэ, сүрдээх киэҥ уйаара-кэйэзрэ биллибэт хочо устун иһэр быһыылаах. Хочотун аҥаар өттө — өрүс, аҥаар өттө ол көрдүк күлүгэ эрэ нэһиилэ барыйан көстөр ии хайа буолан эргийэн түһэн барда.
Сотору аҕай ыал уота көстүбүт. Бу дойдубут эмиэ ыаллаах буолар эбит буоллаҕа дии-дии барбыт. Чугаһаан кэлбитэ, кырдьык, ыал. Дьөксө бэт баай ыал быһыылаах. Дьиэ таһыгар сылгы, ынах толору.
Дьиэҕэ көтөн түспүтэ: биир аҕам һоҕус эмээхсин дьах-тар, ону гытта биир туран эрэр уол оҕо бааллар эбит. Кини киирбитин киһи киирдэ диэн кырыы харахтарынан кынчайан да көрбөтөхтөр. Уол кэпсэппитигэр кинини гытта дьоно кэпсэппэт да дьон буолан биэттэр.
Туох улаатымсык баҕайыларый! Саатар киһини гытта кэпсэппэттэр диэн саныы олорбут. Дьонноро, хата, бэйэлэ-рин иккэрдигэр кэпсэтэллэрэ үһү. Оҕонньор: "Хайтах эрэ этим сааһа аһылынна? Эһи көрдүгүт дуо: мин санаабар, дьиэбит аана аһылларга дылы гынан баран — туох даҕаны киирбитин кыайан көрбөтүм ээ?" Эмээхсин: "Мин тугу да көрбөтүм да, этим сааһа мээлэ аһыллан, куйахам дэлби күүрдэ." Уол: "Мин иһиттэхпинэ туох эрэ тыас тыаһыырга дылы гыммыта эбээ. Ол гынан баран биллибэккэ барда..."
Уол бу дьон кэпсэтэллэриттэн, тутталларыттан-хапталларыттан һыаналаан көрдөҕүнэ, дьоно кинини көрбөт даҕаны, истибэт да быһыылаахтар. Көрдөҕүнэ — эмиэ һин харахтаахха дылылар. Бэйэ-бэйэлэрин көрсөр быһыылаахтар, ол гынан баран харахтара хайтах эрэ киһи хараҕын көрдүгэ һуох — туруору үһү.
Дьэ уол мантан эр ылан, остуолга тардыллан турар астарыттан туох да ыйытыыта һуох аһаабытынан барбыт. Астара туох да куһаьан амтана һуох, син саха ыалын аһын амтанын курдук.
Биир дьиибэтэ баар эбит: бу кини аһаабытын да иһин, аһыыр аһа эбиллибэт-көҕүрүөбэт үһү. Манна талбытынан аһаан, хас да хонукка олорбут. Дьиэлээх ыала буоллаьы-на: "Дьиэбит сибиэннэннэ ээ, быһыыта", — диэн кэпсэтэр буолбуттар. Киэһэ хараҥа эрэ буоллар, туой иккилии буолан таһырдьа таххар буолтар.
Арай биир киэһэ эмээхсиннээх оҕонньор таһырдьа тахсыбыттарын гынна, дьиэлээх уол уотун кытыытыгар һоҕотоҕун олордоҕуна, уол дьиибэтэ көтөн түһэн тиийэн үрдүгэр түспүт, синньэ гынарын гытта анараа уол чиччигинии-чиччигинии уҥан барбыт, онтон бэтэрээ уол бэйэтэ куттанан, тиийэн орон улаҕатыгар түспүт. Сотору таһырдьаттан эмээхсиннээх оҕонньор киирбиттэр. Анараа уол тыын киллэрэн кэлэн баран, дэлби таарымталанан, онон һылтаан устунан ыалдьан барбыт. Бу түүнү быһа ыалдьан тахсыбыт. Эмээхсиннээх оҕонньор оҕолорун кэтээн, түүнү быһа утуйбакка хоммуттар.
Сассыныгар оҕолоро арыычча үтүө буолбут. Киэһэ буолуутугар биһи уолбут эмиэ, кыдьыга батарымна, тиийэн эмиэ тыыппыт да, уол эмиэ ыалдьан барбыт. Онтон бу уолу аны күн аайы, ыаһах оҥостон, кургуом ыарытыннарар буолбут.
Биир сарсыарда оҕонньор эмээхсининиин: "Эмээхсини аҕалан кыырдаран көрүөх баҕайы дуу" диэн һүбэлэһэн баран, туран таҥнан баран хаалбыт. Уол маны истэн: удаҕан эмээхсини аҕалаары гыннахтара, дьэ кэлэн хайтах эрэ дьаабылыыр диэн куттанан күнү быһа ол һанаатыгар һылдьыбыт. Ыарытыннарар уолугар бу күн букатын чугаһаабатах, анараа уол ыалдьара арый үтүө буолбут.
Киэһэ күн киириитин һаҕана оҕонньор биир эмээхсини алтахтатан аҕалбыт.
"Дьэ оҕобут бүгүн хайтаҕый, эмээхсиэн?" — диэн оҕонньор эмээхсиниттэн ыйыппыт. Онуохаҕа эмээхсин: "Ээ, бүгүн эн бааттыҥ гынна арыый эрэ үтүө олорор," — диэбит.
Удаҕан эмээхсин эппит: "Кэбиһиҥ, үөрүмэҥ! Ол аата, киниттэн сүгүн уодьуганын биэримээри гыммыт абааһы буллаҕа. Оттон хайтах гыныамый, ол да буоллар, һанаабар, дьалбыйан көрүөм буоллаҕа!" — диэбит.
Киэһээ уот буолуутун һаҕана удаҕан эмээхсин олоҕор олорон кыырбыт. Түүн үөһүгэр дылы быһа кыыра сатаан баран: "Дьэ тугу даҕаны кыайбатым, алгыһын таба алҕаабатым, туонатын биэрбэтэ", — диэн уурайбыт.
Сассыныгар удаҕан баран хаалбыт. Биһи уолбут туран дьэ ордук эр ылан: "Кинилэр удаҕаннара, ойууннара даҕаны миигин тугу да гыныа һуохтар," — диэн, бии уолун ыарытыннарарын көрдүк ыарытыннарбытынан барбыт.
Мантан ыксааннар, оҕонньордоох эмээхсин эмиэ сүбэлэһэн: "Аны оьонньору баран аҕалыах баар", — дэспиттэр.
Сүбэлэһэн, оҕонньор баран хаалбыт. Үс хонон баран, быһыыта бэт ыраах һиртэн, дьэ биир сүрдээх кырдьаҕас сүдү киһини аҕалбыт. Дьэ бии ойуун кэлбит да, арай икки хараҕын уота биһи уолбутуттан арахпатах. Уол куттанан, ол бу баьана күлүгэр саһа һатаабыт — оҕонньорун хараҕын уота долуой киниттэн архсыбатах. Таһырдьа хотон айаҕынан тахсан куотаары гыммыта, эмиэ бөрөлөрө, эһэлэрэ ханна да хамсаппакка төттөрү үүрэн киллэрбиттэр.
IX
[уларыт]Оҕонньор аһаан-сиэн баран, кыратык көрүүлэммит. Көрүүлэнэн эппит: "Бу үөһэ туора харахтаах дьиэрбэҥ бииһин ууһуттан босхо бастаах бороҥ урааҥхай уола, бу кэлэбирэ биллибэт кэй бараан дойдуга ааһар былыт кэһиитэ буолан кэтэрги кэбистэрбит, таҥнары бырахтарбыт, дьэ аанньанан аттаныа һуох, сүгүнүнэн һүктүө һуох, арай, икки хаҥкыйар хаалдьыктарыгар дылы хара маҕаас ат сылгыны бэлэхтээн, икки халлаан хара һуора оҥорон мииннэрэн үөһэ орой биир дойду үрдүк мындаатыгар бырахтарар эбит буоллар, оһоҕун хайыа эбитэ буолла..."
Көрүүлэнэн баран, бу түүн кыырбакка хоммут. Сассыҥҥытыгар туран, бу бэҕэһээ ойуун эппит дьүһүннээх сылгыларын булан аҕалбыттар. Аар саламаны тиирбиттэр, икки аты аҕалан онно баайан кээстэр. Ол кэнниттэн ойуун дьэ кыырбыт. Оттолуу кыыран иһэн, уокка ылан арыгы биэрбит. Арыгыта биһи уолбут атаҕар кэлэн көтөн түспүт, инньэ гынан уол итирэн хаалбыт ("Дьэ ол иһин, ону билэн, уокка ас биэрэллэр эбит" диир буолара Мурун уола Бүөтүккэ).
Онтон ойуун дүҥүрүн охсон баран, үс төгүл һуордуу хаһыытыырын гытта, бии икки хара маҕаас ат икки халлаан хара һуора буолан баран, биһи уолбут үрдүнэн эргийэ көтөн эрэллэрэ үһү да, уол һоҕотохто ханна даа бааттын билбэккэ, икки кулгааҕын тыаһа өрө куугунуу түспүт.
Кэмниэ-кэнэҕэс буолан баран, өйдөнөн кээттэ: бии эһэттэн куттанан һүүрбүт хайатын үрдүгэр тахсан сытар эбит. Хайтах баҕайыный: түһээбит буоллаҕым дуу диэн, туран, олоро түспүт. Аллара дойдуга олорон итирбитэ букатын ааһа илик эбит, ол гэннэ көрдөҕүнэ, бу аллараа дойдуга киниэхэ бэлэхтээбит икки хара маҕаас аттара манна тахсан ыҥыырдыын аттыгар баайыллан тураллар. Уонна бу кини аллараа дойдуга түспүт хайаҕаһа буоллаҕа буолуо, аттыгар чардаат саҕа түгэҕэ биллибэт үөлэс көрдүк үөдэн айаҕа чөҥөрүйэн көстөр.
Хайтах-хайтах баҕайыный? Түһээбитим буоллар, бу ат-тар һуох буолуо этилэр диэн мунаахсыйа олорбут. Онтон туран, арай, баран көрдөҕүм диэн аттарын сиэтэн хайаны таҥнары түспүт. Сотору бу айаннаан иһэн дьонуттан арахсыбыт һуолугар киирэн кэлбит. Дьонун һуолун һолоон баран испит. Оҕордук айаннаан сотору соҕус ыал уһугун булбут.
Кини бу кыһынын бу дойдуга кыстаабыт, үрэх баһыгар от суох, сут буолан биир ата һутаан өлөн хаалбыт, биир атын нэһиилэ муҥнанан-һордонон һыл таҕаарбыт. Нөгүө дьылыгар дьону гытта аргыстаһан дойдутугар киирэн хаалбыт.
Ол киһи бэйэтэ билигин даҕаны баар Боотуруускай улууһугар Перибэй Сылаҥ нэһилиэгэр. Миигин итэҕэйбэт буоллаххытына, киниттэн бэйэтиттэн даҕаны ыйытыҥ, бэйэтэ бэт һымыйаччыта һуох киһи.
Аҕалбыт атын баһаарга киллэрэн атыылаабыта аҕыйах һыл буолбут.
Дьэ ону эһи бэйэҕит хайтах һаныыгыт?