Иһинээҕитигэр көс

Үрэх баһын тыата (Алтан Сарын)

Бикитиэкэ диэн сиртэн ылыллыбыт
Киэһээ айан (Алтан Сарын) Алтан Сарын
Үрэх баһын тыата (Алтан Сарын)
Алтан Сарын
Уруккутун өйдүөбүт (Алтан Сарын)


Киэһээ, күн уота мөлтөөн, талбаархай сандаҥата салгын устун санньылыйа тохтон, онон-манан от-мас сэбирдэхтэ-рин лабааларын быыһынан сиидэ хайаҕаһын көрдүк сик-силлэн түһэн, уу-хаар олохтоох, сааһын тохору сараҕыйбатах үрэх баһын үөдэн-таһаан үктэллээх кута-нуора сиригэр (уһун күнү мэлдьи быһа одуулааммын уоҕум хараата диэх-хэ айылаах) сэниэтэ суох нукаай көрдүк сылааһынан биллэ-биллибэт дьиэлийэн, санаарҕаабыкка дылы тыган турда.

Тула өттүттэн тула хайаны күрүөлэнэн, хайалар хон-нохторун-быттыктарын быыстарыгар аан дойду атын олоҕо алыс аралдьыйбакка эрэ бүөмчү баҕайытык, киһи кута-сүрэ сөрүөстүөххэ айылаах саһан-быргыйан олорор үрэх баһын тыата барахсан, тыаһа-ууһа суох, иһиллээбиккэ-кэтэспиккэ дылы, им-дьим, ылы-дьылы баран, куттаммык-ка-куруйбукка дылы, тойуга-дорҕооно суох чуумпуран-кэх-тэн турар. Хам-түм көй салгын көҥүл сүүрүгүрүүтэ ол-бу очураакка охсуллан, хайа төбөтүттэн тэриирдэнэн таҥна-ры ытыллан түһэн, тыа төбөтүн, салгынынан саба охсон аастаҕына, оттор-мастар төбөлөрө, соһуйбукка дылы, үрэл-сарал баран өрүкүйэ-өрүкүйэлэр, кэнниттэн хоһулаабыкка, сиилээбиккэ дылы хобугунаһан, суугунаһа түһэллэр. Ыраах Дьааҥылар адаархай арҕастара халлааны хайа суруйуох-ха айылаах былыт оһуутун көрдүк буолан баран, күөрэ-лаҥкы тахсан, көҕөрөн көстөллөр.

Аттыбытыгар турар Туруук Хайа, толлубакка-дьулай-бакка, дугуй-маҕан халлаан дьулайын диэки оһуу-тоһуу ураалыы муостарын тоһуйбутунан, саадьаҕай таас санны-нан саймаархай салгыны хайа тэлэн, халлаан аҥаарын быһа сабардаан, күн уотун күрүлгэннээх күлүм-күндээркэй сандаҕатын күтүр үлүгэр көхсүнэн өрө күөтээн, окко-маска тииһиннэрбэккэ эрэ соҕотоьун кини аҕай буолан, быһа уруйдаан ылбытын кэннэ, экир хара күлүгэ аттынааҕы Мас-Хайа тэллэҕэр тиийэн барыйан түспүт.

Тирэх мастар, үҥэн-сүктэн, көрдөһөн эрэр көрдүк, ла-бааларын-салааларын устун күн уота көҥүл күүлэйдиир гына, күөх халлаан күөнүн диэки өрө уунан бараннар, аттыларыгар баар кыра оттор-мастар айыы сирин айыл-гытыгар тииһинэллэригэр-тииһиммэттэригэр бөрүкү кыһам-макка, адьас баран аҥаарыйан, улуутуйан улугуран, лоҥ-кур тойот дьон мунньахтыы туралларын көрдүк, тигинэһэн-лиҥкинэһэн тураллар.

Үйэ-саас тохору көҥүлүнэн үөскээн, көй салгыны, аҥар-дастыы ардаҕы-хаары эрэ кытта билсиһэн үөскээбит күрүҥ хара тыа күлүгүрэн, көрбөтөьүн көрөн, күтүрэммиккэ дылы күрүөтэнэн турар.

Хайа тэллэҕэр харыйа ойуур (хаарыан хараҥабын күн уота күрүөһүлээн киирэн, көҥүтэ көрөн көтүтүө ээ диэххэ айылаах) көҥөс киһи, сонун умсары бүрүнэн баран, көхсүнэн буолан, таҥнары хайыһан турарын көрдүк, түүкүгүрэн, ханан да ыпсыыта-ыллыга суох кына харааран, барыйан-сарыйан турар.

Киһи хаана долгуйар, сүрэҕэ-быара манньыйар, саас-үйэ тохору, көҥүлүнэн үөскээбит күрүҥ хара тыа, одуулаабыкка-иһиллээбиккэ дылы буолан, күбэтийэн турара — киһи санаатын талбаардар, өйүн туймаардар. Улуу хара тыа туох эрэ кистэлэҥ кэпсээннээх, туох эрэ туһунан тойуктаах, ханнык эрэ хараҥа санаа киниттэн халбарыйбат даа, онтукатын харахтаахха көрдөрбөт, кулгаахтаахха иһитиннэрбэт, кини сорох ардыгар сибигинэйэн сипсийэрин иһиллээтэх аайы, ылы-дьылы баран, харааран, түҥкүгүрэн биэрэр, кини киһиттэн сэрэнэр, кини киһиттэн куттанар.

Уҥуоргу Хайа ураа муоһа муус ураанньык буолан, күн уотун чаҕылхай сандаҕатыгар, туһахта ньуурун көрдүк, туналыйа-чаҕалыйа турар. Кини алын иэдэһигэр үүммүт ой мурааны күн уотун талбаархай сандаҕата таҥнары сатыылаан түһэн, үөрүктүйбүт ыдьырхай төбөтүн онон-манан тумустаан турар сирдэринэн дьуккурута охсон аас-пыта аппа аппаларынан хара күлүк чуоҕурданан баран, долгуннура-толбоннура турар.

Турар Хайа дьапталҕа тааһын быыһыттан муус көрдүк тымныы, курустаал көрдүк ыраас түмэн-аарык төлө мөҕөн тахсан үрүҥ күдэнинэн өрө үллэ-үллэ, таастан таас устун куобахтаан түһэн, харагзатыттан төлө барбыт хаҥыл кулун көрдүк, үөрэн-көтөн үлүһүйэн, күлэн-оонньоон күлүмүрдүү сүүрүгүрэ турарын көрөн баран, киһи сүрэҕэ-быара дьэгдьийэр, өйө-санаата көтөҕүллэр.

Онтон эмиэ ону ааһаргын кытта, тула өттүгүттэн тула тыа баһа үмүрүйэн кэлэн, үрдүгэр баттыы түһүөх көрдүк, өҥөйөн көрөн баран, хаайа харбаан ылыахха айылаах харааран, барыйан-сарыйан туралларын көрдөххүнэ, киһи тыына-быара ыгымсыйар.

Хантайан көрдөххө, халлаан онон-манан тииттэр үрэл-сарал көрдүк өрбүлгэ-нуоҕай төбөлөрүн быыһынан сарбынньахтанан эрэ көстөр. Күн уота илим хараҕын көрдүк, мутуктар быыстарынан мүччүрүтэ ойон киирэн дьэрэкээн ойуу көрдүгүн дьэрэлитчи тыгыталаан оту-маһы ойуулуур. Амтаннаах ас кэрдүк аас-мөдөөн сыттар аҥкылыйбахтаан ааһан, киһи мэйиитин-санаатын эргитэллэр.

Үрэх баһын тыата үгүһү кистээн, элбэҕи сабардаан, саҥата-иҥэтэ суох, билбэтэх-көрбөтөх буолан, ылы-дьылы баран, кэтэһэн кэхтэн турар.

Онтон эмиэ айаннаан истэххэ, чугас соҕус улуу холорук, оту-маһы барчалаан, өрө ытыйан куугунатарын көрдүк дуу, эбэтэр халыҥ атыыр үөрэ толоон устун сүүрэн тиги-нэһэн иһэр туйахтарын тыаһын көрдүк дуу — иҥсэлээх тигинэс тыас иннибитигэр өрө ньиргийэн иһилиннэ. Ол кэн-ниттэн үллэн-түллэн өрө тэбэ турар, күтүр күрүлгэннээх сүүрүктээх Таас Үрэх кыыһыран-абаран, илгистэн, эрчим-нээх сүүрүгэ оту-маһы быыһынан элэгэлдьийэн көһүннэ.

Үүнэн эрэр от-мас, куттаммыкка-куруйбукка дылы, кэри-куру буолан кэхтэн хаалтар, күлүүлэрэ-оонньуулара көтөр кынаттаахтар көҕүрээн, уостан түспүт, ырыа чыычаахтара ырыалара-тойуктара уурайбыт.

Күөх уу өрүтэ түллэн тахса-тахса, томороон таастар тоҥ күөннэригэр быһыта кырбанан, үрүҥ күдэн буолан үллүктэнэн адырҕай таастары хаһытыы-хаһытыы хал-лырҕаччы таһыйан, киһи мэйиитэ эргийиэххэ айылаах, ирим-дьирим эрилийэ турара көһүннэ.

Уҥуоргу диэки тирэх ойуур, салгынынан кэлэн сабыта биэрдэҕин аайы үөрүктүйбүт төбөтө өрүкүйэ-үрэллэҥнии турар, дьэргэлгэн битии сэбирдэхтэригэр күн уота күлүбүрэч-чи тохтубута көмүс өҥүн көрдүгүнэн долгуннуран, килбэл-лийэ турар.

Таас үрэх обургу обуннуран-төлөннүрэн таастар быыста-рынан бокуойа суох будулуйан, ыллаан-туойан, кылбаһыйа устан, күрүлүү-барылыы, күллүгүрүү-халлыгырыы сытар.

Элбэх элбэҕи кэпсээн киллигирэтэр, үгүс-үгүһү саҥаран кулдьугуратар даа, хоһооно-тойуга хотон иһиллибэт.