Уруккутун өйдүөбүт (Алтан Сарын)
←Үрэх баһын тыата (Алтан Сарын) | Алтан Сарын Уруккутун өйдүөбүт (Алтан Сарын) Алтан Сарын |
Сайыҥҥы түүн дьалыҥнара (истомы), (Алтан Сарын)→ |
Тыалырбыта, ардаабыта аҕыс-сэттэ хонно. Тыалга-ардахха түбэһэн айаннаан, бэркэ сылайан сындалыйан, санаарҕаан-санньылыйан испитим. Күн, киэһэ буолан, от-мас күлүгүрэн эрэрэ. Халлаан, онон-манан, сытыйбыт тураах оҕолорун туора-маары тамнааттаабыт курдук, өһөх хара былыттарынан кыдьымаҕыран баран, кыыһырбыт, кыйахаммыт курдук, арҕаа диэкиттэн тымныы чысхаан тыалынан тыалыран кыйыһыйан, киһи этин сааһынан ибили охсон киирэн, тымныынан үргүйэн, киһи сүрэҕин-быарын тоҥорбута. Үүнэн эрэр от-мас, куттаммыкка-куруйбукка дылы, кэри-куру буолан кэхтэн хаалтар, күлүүлэрэ-оонньуулара көтөр кынаттаахтар көҕүрээн, уостан түспүт, ырыа чыычаахтара ырыалара-тойуктара уурайбыт.
Төрөөбүт-үөскээбит үрэҕим эрэйдээҕи кытта өр буолан баран, кэлэн көрүстүм. Ото-маһа күлүгүрэн, киҥэ-наара кэхтэн турара, киэҥ сирдэргэ холуйдахха, киэбэ-киэлитэ тугун кэрэгэйэ эбитэй? Өнньүөһүн быыһыгар уу хоммутун анныттан, онон-манан дулҕаларын төбөлөрө чочуруһан олороллоро дойду ааттаах, талыы хочолоругар холуйдахха, ньуура тугун куһаҕана, мүрэтэ эбитэй?
Арҕаа халлаан улаҕата дьэбин уоһуйан, дьиппиэрэн, тымныы салгынынан аҥылыйан тыалыран дьигиһитэ тура-ра, киһи киҥин-наарын алдьатар, өйүн-санаатын мунчаар-дар буоллаҕа үһү...
Былыр оҕо эрдэхпинэ үөскээбит, убайым олорбут, эһэм оҕонньор өтөҕүн ааһан иһэн көрбүтүм, дьиэлэрэ-уоттара кураанахтанан баран, санаарҕаабыкка дылы саай-күдүө тахсан, барыйан, күлүгүрэн тураллара көрүөххэ тугун хобдоҕой-куһаҕанай? Күрүөлэр-кыбыылара көтүллэн, күөрэ-лаҥкы тахсан баран, чугаһынааҕы отторо-мастара ту-лаайахтыйан, ынчыктаан дуу, ытаан дуу эрэр курдук таҥ-нары сукуһан, күлүгүрэн тураллара — киһи сүрэҕин-быа-рын эппэҥнэтэр, сирэйин-хараҕын ититэр буоллаҕа үһү...
Тыал тыалырар,
Тымныы салгын биллэр,
Эт-хаан эппэҥниир,
Сүрэх-быар ньүөлүйэр...
Төрөөбүт-үөскээбит алааһым тамаҕар чугаһаан иһэн, туорайдаан киирбит тука тумул үрдүгэр, ийэлээх аҕам уҥуохтарын саҥа чардааттаах кириэстэрэ сандааран, кил-бэҕийэн туралларын көрдүм. Онтон мэйиим-санаам эргий-дэ, этим-хааным дьырылаата...
Тымныы салгын аҥылыйар,
Быһыттаҕас былыттар сүүрэллэр,
Этим-хааным дыддыргыыр,
Мэйиим-санаам эргийэр...
Алааһым тамаҕын ааһан иһэн көрбүтүм, урукку сыл-ларга күн уотун күлүм сандаҕатыгар күлэн-оонньоон күлүмүрдүү тоһуйар күндү уулаах көлүйэ күөлүм күөх көлбөҕүнэн бүрүллэн, тымныы салгынынан аҕылыйан, тимир өҥүн көрдүгүнэн дьэбин уоһуйан көрүстэ. Этим сааһа аһылынна, сүрэҕим-быарым тымныйда... Халдьаайы сыыр үрдүгэр, ойуур саҕатыгар чаллах тииттэри хатырыктарын хастыы тардан ылбыттара, туос ала буолан кубарыһан тураллара, киһи сүрэҕэ-быара ыалдьыах тоҕо баҕас куһаьанай!..
Төрөөбүт-үөскээбит өтөхпөр тиийэн кэллим. Туһунан кииннээх туора дьон, өтөхпүттэн сарбыйан, онон-манан туора-маары быыһаабыт быыстарын тоһоҕолоро чороһон тураллара харахпар хатыы буолан аалылынна. Балаҕаным иһиттэн бур-бур буруолуур ээ — дьөссө даҕаны итии хааннаах, сыккырыыр тыыннаах, эргэ элээмэтэ, урукку ордуга кэм да баар эбит!
Тэлгэһэм таһыгар, мин оҕо эрдэхпинэ, наҥнайан, санньылыйан, аҥаарыйан турбут арыы хатыҥнар тоһутталанан түспүттэрэ, тостубут хары уҥуоҕун курдук буолан, кубарыһан чочоруттан тураллара көрүөххэ тугун куһаҕанай?
Сылбах да сыстыбатах, хомурах да хоммотох сыһыыбар балбааҕы кутан бачыгыраппыттара, хара тордох харааран сыталлара. Туох да саҥа үүммүтэ-туругурбута диэн көстүбэт, хата, барыта хампарыйбыт, алдьаммыт-киэһэммит. Ону көрөн бараммын сүрэҕим-быарым ыарыйда, хааным-сииним хамнаата.
Атым тэлгэһэҕэ кэлэн тохтоото. Тымныы тыал тыалыр-да, сүрэҕим-быарым долгуйда, сирэйим хаана ил-ил кынна...