Сайыҥҥы түүн дьалыҥнара (истомы), (Алтан Сарын)
←Уруккутун өйдүөбүт (Алтан Сарын) | Алтан Сарын Сайыҥҥы түүн дьалыҥнара (истомы), (Алтан Сарын) Алтан Сарын |
Айыыһыт (Былыргы кэпсээн), (Алтан Сарын)→ |
Сайыҥҥы Күн кутаа уот толбоннорунан кырбаһан, кыыһар-чаҕаан дьалхааннары бүрүнэн, арҕаа халлаан алын сайыытын кытыастар кыһыл долгуннарынан уһааран, хал-лааны кытта халаастаһан, кытара кыыһыран, марбайа үллэн киирэн хаалла. Сайылык иһэ сайыҥҥы күнүс буһурук куйааһын харам соҕустук ботуччу уобан, кэри-куру буолан соҥуйан хаалла. Аан дойду иһирик төлөнүнэн, итии салгынынан тыына-тыына улам-улам утуйан нухарыйан, ибириин сиигинэн тиритэ сытта.
Түүҥҥү дьалыҥнар итии тыыннара ийэ сиргэ эрсэҥ (похоть) имэҥнэрин (вожделение) иҥэриччи туойдулар, кыатаммат баҕалар илбис иҥсэлэрин көбүттүлэр. Эҕэрдэ-маҕан халлаан илин кырыытыттан эрсэҥ-ходьоҥ итии дьалыҥнар ийэ сиргэ итии тыалы илдьиттэнэн эргийдилэр.
Ийэ сир кыатаммат баҕалар имэҥнэринэн иитиллэн, эппэҥнии-мэҥилдьийэ, өрүтэ тыына, ууһуур-дэлэйэр эр-сэҥнэринэн иэдэйдэ. Аан дойду ньамчы чэчиктэрэ (цветы) имэҥи көбүтэр айаал (нежный) — аҥкылас сыттарынан салгыны саталыы турбуттара. Чэл (зеленый) — нуолук оттор сытыы аҕыраҥ (удушливый) сыттарынан асхарый-ан, киһи сүрэлин (душа) туймаардаллар, эрэй-муҥ эрсэ-ҥинэн киһи дьайымын (чувство) толороллор.
Арай, бу түүҥҥү дьалымнаах кэм бары эрсэҥнэрэ көбөн эрдэҕинэ, күех унаар түптэҕэ мунан, утуктаан-нухарыйан эрэр сайылык илин-бас халдьаайытын анныгар, хатыҥ чараҥ ортотугар, эндэрдии түһэн сытар баай хатыҥ төрдүгэр эрдээх дьахтар олороллор эбит. Кинилэргэ ньимик (тиши-на) дурда буолан, тулалаан турааччы хатыҥ чараҥ бүтүннүү иһиллээбит курдук иһийэн, илбистээх (страстный) таһаа-нан (поза) таалан турар... Байылыат (могучий) хатыҥнар, хардарыта буойсубут курдук, санньырхай лабаа илиилэри-нэн сэрэхтээхтик өрө уунан баран, бука бары ньимик ба-ран таалан тураллар.
Арай, кинилэр сэбирдэхтэрин эрэ тыаһа дөр-дөр итийбит сүрэх кирдээх талыы титирэһин курдук, ибиргээн, суугунуу-суугунуулар хам бараллар. Айылҕа бүтүннүү кинилэртэн туох тахсарын кэтээбит курдук, ах баран кэтэһэн турар.
Ол барыта кинилэри тапталга үтэйэр, биллибэтинэн-көстүбэтинэн таптал илбистээх олбоҕун кинилэргэ сым-наҕастык тэлгиир, сүрэхтэрин-быардарын эппэҥнэтэр, мэйии-лэрин-санааларын итирдэр. Кинилэри атахтарын анныттан күөх торҕо таҥара кийииттэрэ айаал-аҥкылыс (ароматный), сүүл-дьаралҕан сыттарынан ыһааран, кинилэр сүрэллэрин (душу) сылаанньытан, кинилэр хааннарын уоттуу оргуппуттара.
Ньамчы-ньамчы аалай-эбириэн (розовато-пестрый) үүрэнньиктэр (фиалки) сытыы минньигэс сыттарынан ту-нуйан, кинилэри туймаардаллар. Алтан оттор аҕыраҥ сыт-тарынан салгыны ыһааран, сайыҥҥы сылаас буһурук түүнү сүүлүнэн аҕырдан, кинилэр хааннарын долгуталлар, кини-лэри имэҥинэн-дьалыҥынан мэҥилдьитэллэр.
Кыһыл сараналар (сарана), дьылтархай-маҕан толоон тунахтара (ромашки), күөх дьүһүннээх чороон оттор (колокольчики), боллох уолаттара (ландыши), дьылтархай-алтан ортолоох, үрүҥ төбөлөөх уу кийииттэрэ (водяные лилии), кыһыл-аалай ымыйахтар (гвоздики), күөхтүҥү-кытархай сирэҥнэр (незабудки), дөлүһүөн чэчиктэрэ бука бары салгыны араас-суол минньигэс: аһыы-ньулуун, аҥкылас-аҕыраҥ, сата-дьаралҕан, курус (едкий) — кубулҕан (острый), имириин (сладко-преслый) сыттарынан ыһааран тунуйа тураллара — имэҥнэри, дьалыҥнары күүрдэллэр, эрсэҥнэри, илбистэри төрөтөллөр, киһи сүрэлин мэлэритэн туймаардаллар.
Сырыынньа халдьаайы сирэйигэр күн уотун сыралҕа-ныгар биэбэйдэтэн торолуйбут байылыат бэстэр, солко-нуолук мутукчалаах баараҕай тииттэр, халдьаайы аппала-рыгар үүммүт улуудаҥ (гордый) харыйалар, чаллах хатыҥнар, үргүүк сэбирдэхтээх тэтиҥнэр, имигэс талахтар, хаҕыдай ыарҕалар бука бары бу кэмҥэ саталаах аҥкылыс сыттары тарҕатан, лабахайынан кэьэрдэн киһи-сүөһү хаа-нын долгутан, киһи мэйиитин итирдэн туймаардаллар.
Аан дойду ууһуур-дэлэйэр тэлгэҕин тыаһа суохтук тэлгиир, төрүүр-үөскүүр суорҕанын биллибэтинэн-көстүбэти-нэн сабар, бары хамсыыктары (животных) таптал суолу-гар үтэйэр.
Сайыҥҥы күүрүүлээх күн сандаҕата дьулурҕатык (стремительно) таҥнары сатыылаан түһэн, ийэ сир бары ыама-лыыр күдэхтэрин (средства) көбүппүт. Хатыҥ чараҥ ортотугар олорор эрдээх дьахтар түгэхтэрэ көстүбэт хараҥа-дьалхаан харахтара минньигэс дьалыҥынан убайаллар, эрсэҥ эрэйинэн дьиэлийэллэр, сирэйдэрин хааннара имэҥ илбиһинэн кэйэллэр. Муос тыҥырахтарыттан эт сүрэхтэ-ригэр диэри дьалыҥ титирэстэрэ сүүрэлиир, эттэрэ бүтүннүү дьырылыы титирэстиир, мэйиилэрэ-санаалара итирэн күүрэр, сүрэхтэрэ-быардара минньигэс тапталынан эппэҥниир...
Эмискэ тыа баһа суугунуу күлэн титирэстии түһэр, чэчиктэр, оттор аллайаллар, эҕэрдэлии битийэллэр, айылҕа бүтүннүү эҕэрдэлиир, күллэрэстиир, кинилэр барыларын кыттан (общий) баҕалара ханна, таптал үтэһэтэ дьэ туол-ла, кини таһылҕата (уровень) таһымнаата, таптал сүүл имэҥнэрэ дьэ төлүргэлээтэ, уос этигэн-дорҕоон тыаһа чахчы этэн, кэтэһэн тыҥаан турар айылҕаны күллэрэн тыбыырта.. Бу айылгылаах (торжественный) сайыҥҥы түүн кэмигэр бары үөскүүр-ууһуур күүстэр баҕарбыт баҕалара туолла, аан дойду бүтүннүү онуохаҕа үөрэн айхаллаата.Хатыҥ чараҥ түүҥҥү ыалдьыттарын ымсыы имэҥнэрин уоскутта, утах баҕаларын ханнарда.
Оҕордук ускуруой үөскүү-тэнийэ, ууһуу-тунуйа турар, өлө-өлө тиллээччи, өскүл (вечно) эдэр, өскүл тыыннаах Айылҕа.