Иһинээҕитигэр көс

Этиҥнээх ардах (Алтан Сарын)

Бикитиэкэ диэн сиртэн ылыллыбыт
Өрүс (Алтан Сарын) Алтан Сарын
Этиҥнээх ардах (Алтан Сарын)
Алтан Сарын
Күһүҥҥү киэһээ (Алтан Сарын)


Көҥдөй уораҕай күндү күөх халлаан, көмүс-алтан көрдүк, көҕөрө-күлүмүрдүү турбута.

Өрөгөйдөөх үрүҥ күн үөрэ-көтө, үлүһүйбүт көрдүк, үгүс үтүө күрүлгэннээх күндээркэй сандаҕатын, көҥүл-босхо күргүөмнээн, таҥнары саккыратан, саймаархай салгыны сандаҕалаах сыралҕанынан сайдаабыта, көмүс аалыытын көрдүк күлүмүрдүү-дьирибинии, алтан аалыытын көрдүк чаҕалыйа-дьирибинии турбута.

Сыралҕаннаах сырдык төлөнө өндөл маҕан халлаан өрөҕөтүттэн төлө мөҕөн түһэн, сырылаччы сытыытык тыган, ийэ сири ириэрэ көрбүтүгэр күөх от быыһыттан көрдөөх-күндү күөмэйдээх күөрэгэй чыычаах көтө дьирибинээн тахсан, көй салгыҥҥа көҥүл-босхо көтөхтөрө сылдьан, күндү-көмүс күөмэйинэн күөх халлаан көҥдөй уоругун анныгар көрүлээн-нарылаан, көрдөөх ырыатынан көччүйбүт санааны көҕүтэрэ. Саймаархай салгыҥҥа сайа оҕустара сылдьан, ыбыгыраччы-дьыбыгыраччы ыллаан, саха киһи санньых-хай санаатын дьайҕардара.

Айыы айылгылаах күнүн ортотугар арҕаа диэкиттэн итии сиккирэстэй тыал, биллэ-биллибэт сирилэччи үрэн кэлэн, хатыҥ, ойуур таалай хампа сэбирдэхтээх санньыххай лабааты-нан аргыый аҕай аҥаарыччы талбаатаабытыгар аас-мөдөөн сыттар алаас муҥунан аҥкылыйа биллэн, салгыны кытта сабыта биэрдилэр. Тиит ойуур солко-нуолук мутуччалаах унньуххай мутугунан оргууй аҕай унаарыччы долгулдьуппутугар ньулуун-тумары сыттар толоону тунуйдулар. Сааһын тухары санньыххай лабаалаах ытанньах "иирэ талах эриллэҕэс көмүс сэбирдэҕэ илибирии мөҕүстэ. Үрүмэччи кыыл көтөн тэлибирээн иһэрин көрдүк, тэтиҥ мас дьэргэлгэн төгүрүк сэбирдэҕэ, тиэтэйбит көрдүк, тэлибирии түстэ. Ыарҕа төбөтө, кыыһырбыт киһи сирэйин хаана быһытталанарын көрдүк, ыдьырыйа иирдэ. Толоон муҥунан солко көбүөрү соһо тар-дан кэбиспит көрдүк, аҥаарыма күөх от аргыый аоайдык, толбонноох төбөтө долгуннуран киирэн барда.

Күн анна күөх унаарынан күрүөлэммитэ көй салгыҥҥа көҥүтэ сыстаран көстө мэлийэн түстэ. Халлаан уон арааһынай өҥүн өҥнөнөр, эргийиэх икки ардыгар сэттэтэ дьүһүн кубулуйан уларыйар, сиэдэрэй киһи сирэйин көрүнэ оонньуур сиэкилэ таас күөллэр үрдүлэрэ тоҕус уон арааһынай долгунунан уһуорданан түһэн барда. Самаан маҕан күн сандыл көмүс сандаҥата салгын устун сатыылаан түһэн, итиинэн дьиэлийэн, сүрэх өрүкүйэр, уҥуох уулар өҥүрүк куйааһын үөдүппүтэ көй салгыҥҥа сыстаран, бутуллан сүттэ. Чэлгиэннээх дьэгдьийэр тыал дьиэ-лийэн, санаа аралдьыйар, уҥуох уоскуйар, сүрэх сөрүүкүүр, өй дьэгдьийэр, үөрүүлээх үтүө сөрүүнүн үөдүттэ.

Ол кэлин өттүттэн, өндөл маҕан халлаан үрүт кырыыта үрүмэ долгун көрдүк үрүҥ чэлкэҕинэн бүрүллэн барда. Соҕоруу халлаан соһо былытынан соттуктанан тунаарыйан түстэ, илин халлаан иэдьэгэй-эриэн буолан ирбинньиктэ-нэн киирэн барда, хоту халлаан куба кыыл хотоҕойун тириитин тиэрэ тарпыт көрдүк хоҥор былыттарынан курдуу-ланан көһүннэ. Эбир былыттар элбээтилэр, дьаҕыл былыттар наардастылар, куба кыыл буугун өрүкүччү таппыт көрдүк, кубархый былыттар куоталаһан таҕыстылар. Сыыйа-баайа сыстаҥ былыттар сырсыалаһан тахсан, кылбараҥ маҕан халлаан кырсын кыыйыта көттүлэр.

Араҕас маҕан халлаан алын кырыытыттан ахсааннара биллибэт, адаархара былыттар, алаас мунунан анах сүөһүлэр ааллаан иһэллэрин көрдүк, аргыый аҕай ааҥнаан таҕыстылар. Халлаан тула өттүттэн тула былытынан бытырыыс-танан, ардаҕынан айылгыланан барда.

Ол кэлин өттүттэн, киһи тыына хааттарар, санаата мунчаарар сылаас буһуруга, кэтэспиккэ дылы, кэҥсээрдээн турда. Саймаархай салгынынан сабыта биэрэрэ ах баран хаалла, көй салгын көҥүл сүүрүгүрүүтэ көҕүрээн-уостан түстэ, ихии сиккирэстэй тыал, иһиллээбит көрдүк, им-дьим барда. Намылхай талахтар санньыххай лабаалара таҥнары намылыһан түстүлэр; тэтиҥ мастар тэллэккэй сэбирдэхтэрэ, сэрэммиккэ дылы, дьирибинии, сибигинэһэ турдулар; тиит ойуур нуолук-солко мутуччалара, хомойбукка дылы, хобугунаһан суугунастылар; күндү уулаах көлүйэ күөл халыйан тахсар хараҕын уутун көрдүк, аан туманынан аймана бүрүлүннэ.

Күндү күөмэйдээх көтөрдөр кэрэ-үчүгэй кэпсээннэрэ, кэтэспит көрдүк, кэхтэн хаалла. Этигэн дорбоон им-дьим барда, киһи тыаһыаҕын да куттанар, хамныаҕын да кэрэйэр чуумпута буолла.

Толооҥҥо үүммүт тоҕус салаалаах локуора күөх оттуун нуоҕайдаах төбөлөрүнэн, нухарыйбыт көрдүк, нусхайан түстүлэр, алааска үүммүт аҕыс салаалаах ача күөх оттуун аҥаарыйбыт көрдүк адьас ах бардылар. Тыаҕа таҕыстахха, тыас-уус суох буолла, алааска киирдэххэ, айдаан-куйдаан аҕыйаата; толооҥҥо тойук-дорҕоон тохтоото, иһиллээтэххэ даҕаны — от үүнэриниин, эмэгэт ытыырыныын иһиллиэх көрдүк им-дьим үүт-тураан чуумпута тунуйда.

Онтон, чочумча буолаат, кэҥсээрдээн турар халлаан кэҕэрдэргэ дылы гынарын кытта, сындыыс уоттар сырымнаатылар, чаҕылҕан уоттара чаҕылыйдылар даа, добун халлаан дьулайа кутаа уот тыыннанан тоҕо ыстанарга дылы гынна, үрдүк өрөҕөтө үнтү ыстанан дьүрүһүйэн түстэ, кэлэбирэ биллибэт кэтит киэлитэ, киэбиттэн хамсаан, кэниэрдээхтик кэҥирээтэ, улаҕата биллибэт улуу халлаан, оройо тобуллан, обуннаахтык орулаата. Этиэх бокуойа һуох эппэҥнии турар иҥсэлээх ньиргиэр тыас дэлби ыстанна, саҥарыах бокуойа һуох аппаҥныы турар алдьархай хабараан тыас хайа ыстанан сатараата. Олорбут киһи олоро уҥар, турбут киһи тура туймаарар уордаах дорҕооно, халлаан оройугар өрө дуораһыйан тахсан, салгыннары салыбыратта, сирдэри ньиргиттэ, халлааннары хамнатта.

Тоҕус этиҥ уйманан тыаһыырын, сэттэ ньиргиэр этиҥ дэлэйэн этэрин кытта, үөр анды кыыл кыырай халлаан кырсыттан саймаархай салгыны хайа тэлэн, таҥнары саккыраан түһэн иһэллэрин көрдүк, эҕэрдэ маҕан халлаан ис кырыытыттан эрчимнээх холорук таҥнары эриллэн түһэн, иһиирбитинэн барда, орулуос кус кынатын тыаһын көрдүк сытыы-дьэллик тыал халлаан оройуттан быһа кыйданан түһэн, тыалыран кыскырыппытынан барда.

Халлаан түөрт өттүгэр түөрт сүллэр этиҥ түллэн этэрин кытта, ыанньыйбыт былыттар ыһыктара, ардах уута буолан, салгын устун таҥнары саккыраан түһэн, көгөччөр сылгы сиэллээх кутуругун кылын сыыйыта тардан кээспит көрдүк, санньылыйа тохто турда. Эбир былыттар иитиэх-тээбит илгэлэрэ, этиҥ уотунан эҥсиллэн, таҥнары сиидэлэнэн сиксиллэн түһэн, итийбит сиргэ илэһэ-талаһа иҥмэхтээтэ, хобдоҕурбут хонууларга куллугураччы-халлыгыраччы хоммохтоото.

Ол кэлин өттүттэн уохтаах холорук, уоска биэрбит көрдүк, уостан хаалла, сиккээһиннээх тыал симэлийэн барда, аҥардастыы ардах эрэ уута, күлүгэ көстүбэтинэн күрүлэччи, битиитэ биллибэтинэн бирилэччи биэрэ турда.

Онтон, утаакы соҕус буолан баран, ытанньах оҕо уоҕа тахсан, уостан олорорун көрдүк, халлаан уута ах баран хаалла, инньэ гынарын кытта, арҕаа халлаан улаҕатыттан ыла хатарыылаах болот биитин туора туппут көрдүк, хап-лаан кылбаһыйан таҕыста.

Онтон салгыы, ардахтаах былыттар ааһан барыыларыгар, силлиэлээх былыттар силэллэн түһүүлэригэр, өрөгөйдөөх үрүҥ күн үөрэ-көтө өҥөйбүтүнэн көстөн, көмүс аалыытын көрдүк күндээркэй сырдыгынан киэҥ халлаантан таҥнары саккыраан, санньылыйа тохто турар ардах уутун дьэҥкир таас таммахтарыгар чаҕылыччы тыкпыта, ыраас халлаан сандаҕалаах кустуга буолан, салгын үрдүгэр салыбырыы чаҕалыйа, илибирии дьэрэлийэ турда. Тэтиҥ ойуурдар тэллэккэй сэбирдэхтэринэн тэрибинии күлсэн кэллилэр, арыы хатыҥнар санньыххай лабааларынан аал-сан, аргыый аҕай аймалаһа турдулар, куула тыалар уһуктубут көрдүк хобугунаһан тиийэн кэллилэр, кус көтөр күндү уулаах көлүйэ күөллэргэ күлүктэринэн оонньоон, көҥүллэринэн көрүлээн түстүлэр.

Сырыы-айаан сытайда, тойук-дорҕоон хойунна, ырыа-тойук ыраатта...