Иһинээҕитигэр көс

Оо, суох, син биир (В. Потапова)

Сахалыы Бикитиэкэттэн — аһаҕас бибилитиэкэттэн


Оо, суох, син биир,
Ордон хаалыам охсууттан,
Кэрэҕэ сирдиир
Туоруом суоҕа ыллыктан.

Олох дохсун баалыгар
Тимириэм суоҕа, хата,
Үтүө баҕам кыаҕыгар
Эрэнэбин, чахчыта!