Иһинээҕитигэр көс

Суох, итэҕэйбэппин (В. Потапова)

Сахалыы Бикитиэкэттэн — аһаҕас бибилитиэкэттэн


Суох, итэҕэйбэппин,
Титирэстии
Сүгүрүйбэппин —
Дохсун баҕа баарыһа
Илдьирийэ имиллэр
Илбистээх долгунугар,
Үрүҥ санаа үнүгэһэ
Үлтү хагдарыйар
Үргүөрдээх хаһыныгар!