Тоҕо эйигин,
Көҥүл төлкө оҕотун,
Өрүү мин саныыбын?
Тоҕо эйигин,
Төрүт хотой ууһун
Тута да сатыыбын?
Оо, кэбис мин көрдөһүүм:
Эн олох доҕууругар иҥнимэ,
Эн мин илиибэр олох кииримэ —
Куот, эн, бука диэн, миигиттэн,
Мин олоҕум мунаах сүүрүгүттэн!..