Иһинээҕитигэр көс

Төрөппүтэ биһигини Сир ийэ (В. Потапова)

Сахалыы Бикитиэкэттэн — аһаҕас бибилитиэкэттэн


                                                     С.С-ҕа

Төрөппүтэ биһигини Сир ийэ
Сүрэхпит тэбиитин сүүмэрдээн,
Аҕабыт буолбута сүүрбэһис үйэ
Олох кыымын тэҥҥэ бэлэхтээн.
Онтон ыла орто дойдуга олоробут,
Олох туһугар мөхсөр оҕолорбут.
Мин төрөөбүт эбиппин
Кыргыс дуораана сүтүүтэ,
Чуумпу аргыстаах кэлбиппин
Айылҕа саҥа уһуктуута.
Көрөбүн тахсар күн күлүмэ
Суолбутугар тэлгэнэрин,
Сир Ийэ, кэхтиини билимэ,
Үөрдэ тур эдэр сүрэхпитин.